«РНГ» АУо тулалыыр эйгэ харыстабылыгар Россия сокуонун ирдэбиллэригэр толору эппиэттиирин бигэргэттэ
Хампаанньа I–IV кылаас кутталлаах бөҕү кытта үлэлиир кыахтаах лисиэнсийэтин толору сөпкө туһанарын дакаастаата.
«РНГ» АУо докумуоҥҥа уонна лисиэнсийэ бэрэбиэркэтин ситиһиилээхтик ааста, I–IV кылаас кутталлаах бөҕү таһыыга, утилизациялааһыҥҥа, киһи доруобуйатыгар куттала суох гына харайыыга, хомуйааһыҥҥа ыытар үлэтэ толору лицензионнай ирдэбилгэ эппиэттиирин бигэргэттэ.