«РНГ» АУо бириэмийэлэринэн Саха сирин бастыҥ учууталлара наҕараадаланнылар
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «РНГ» АУо үбүлээһининэн ыытыллар үөрэхтээһин эйгэтин бэһис, үбүлүөйдээх куонкуруһун бастыҥнарын быһааран, кыайыылаахтары үөрүүлээх быһыыга эҕэрдэлээтилэр. Хампаанньа - тэрээһини көҕүлээччи уонна Генеральнай партнер. Тэрийээччилэр, үгэс быһыытынан, СӨ үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтэ уонна СӨ үүнэр көлүөнэҕэ пуондата.