«РНГ» АУо Таас-Үрэх нэһилиэгин бастакы кылааһын үөрэнээччилэригэр оскуолаҕа бэлэмнэнэргэ көмөлөстө
Саҥа үөрэх сылыгар Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Мииринэй оройуонун Таас -Үрэх нэһилиэгин 9-с нүөмэрдээх Р.В. Лонкунов аатынан уопсай үөрэхтээһин оскуолатын боруогун саҥа атыллыыр маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэригэр көмө оҥордо.
«РНГ» АУо бэрэстэбиитэллэрэ оҕолорго рюкзак, атах таҥаһын уктар суумка уонна оскуола тээбириннэрин бэлэхтээтилэр.