«РНГ» АУо Таас-Үрэх нэһилиэгин олохтоохторугар өрүү көмө буолар
Өйөбүл «Ботуобуйа нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии социальнай-экономическэй сайдыытын тус сыаллаах программатыгар олоҕуран оҥоһуллар.
Хампаанньа нэһилиэккэ үлэлиир бүддьүөт тэрилтэлэрин уунан хааччыйар, бэйэтин полигонугар нэһилиэнньэ кытаанах бөҕүн таһар, итиэннэ, Таас-Үрэх нэһилиэгин иһигэр ыытыллар улахан үлэлэргэ бэйэтин техникатын уларсар. Ааспыт сылга «РНГ» АУо сынньалаҥ уонна культура киинин территориятын саҥардан, тупсаран оҥорон биэрбитэ.