«РНГ» АУо Мирнэй куоракка аныгы оҕо былассааккатын тутар
Саҥа оҕо оонньуур сирэ хампаанньа офиһын утары Тихонов аатынан уулуссаҕа дьэндэйиэҕэ.
Бу иннинэ, бу миэстэҕэ, былассаакка баара, ол гынан баран эргэрэн, оҕо оонньууругар кутталы үөскэтэр буолан көтүрүллүбүтэ. Бастаан утаа тутааччылар былассаакка турар сиригэр таас кутан тэҥнээн биэриэхтэрэ, асфальт оҥоруохтара.