Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «РНГ» АУо кииннээн үлэлиир, сиртэн хостонор баайдаах сирдэригэр, үлэһиттэргэ анаммыт 200 миэстэлээх аныгы, тупсаҕай уопсай дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Икки этээстээх олорор комплекстарга, Соҕуруу Сүлдьүкээрдээҕи лицензионнай учаастакка уонна Орто Ботуобуйа Илиҥҥи блогун ньиэп, гаас конденсата хостонор сирдэригэр, үлэһиттэр номнуо олохсуйдулар.
Үлэлииргэ уонна сынньанарга тупсаҕай усулуобуйа олохтонор. Олорор дьиэлэр анаан-минээн аныгы техниканан, тупсаҕай миэбэлинэн, климаты хонтуруоллуур системанан, тымныы, сылаас уунан, суунар хосторунан хааччыллан тураллар. Уопсай дьиэлэргэ иккиэннэригэр анал таҥас суунар сирдэр бааллар.
Баахтанан үлэлиир дьон күҥҥэ 3-тэ босхо аһыыллар. Ас минньигэһин остолобуой үлэһиттэрэ туспа дьиэҕэ бэлэмнииллэр. Быйыл Соҕуруу Сүлдьүкээрдээҕи лицензионнай учаастакка ас астыыр саҥа дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Иҥэмтэлээх минньигэс ас толору олохтоох бэйэ аһыттан, бородууксуйатыттан оҥоһуллар. Үлэһиттэр астарын дьиэ аһыгар тэҥнииллэр, маны сэргэ сибиэһэй оҕуруот аһа, фрукта эмиэ мэлдьи баар. Иһэр ууга улахан болҕомто ууруллар, хас да түһүмэҕинэн ыраастанан туһанааччыга тиийэр.
Бу курдук хампаанньа үлэһиттэр олорор, күүстээх үлэттэн сынньанар усулуобуйаларын тэрийиигэ болҕомтотун ууран эргэ дьиэлэри саҥардар. Үрдүк хаачыстыбалаах, бары ирдэбилгэ эппиэттиир аныгы тутуулар, дьиэлэриттэн ыраах сиргэ үлэлии сылдьар дьону сылааһынан угуттууллар, оҥорон таһаарыы үрдүк хаачыстыбатын мэктиэлииллэр.