14 августа 2025
Хампаанньа Саха сиригэр ойуурдаах сири чөлүгэр түһэриигэ өссө биир түһүмэҕэр үктэннэ. 2025-2027 сылларга бу сыалга диэн үбүлээһин сууммата 74,9 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһиэҕэ.
Саха сирин Бүлүү улууһугар 250 тыһыынча сэбирдэхтээх маһы 229 га сиргэ олордоллоро былааннанар.
Маннык тэрээһин «Российский центр защиты леса» федеральнай тэрилтэ көҕүлээһининэн ыытыллар уонна «РНГ» АУо социальнай эппиэтинэһин көҕүлүүр программаҕа олоҕурар.
Хампаанньа программаны 2022 сыллаахтан олоххо киллэриигэ үлэлэһэр. Бу кэм иһигэр «РНГ» АУо кыттыытынан 668 гаттан тахса сиргэ мутукчалаах ойуур саҥа тыыннанна.